1969 сыл
Тас көрүҥэ
(Мантан: 1969 көстө)
Сыллар |
---|
1965 1966 1967 1968 — 1969 — 1970 1971 1972 1973 |
Уоннуу сыллар |
1930-с 1940-с 1950-с — 1960-с — 1970-с 1980-с 1990-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1969 сыл.
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Тохсунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 1 — «Ну, погоди!» ойуулук премьерата буолбут.
- Тохсунньу 15 — Сэбиэскэй Сойуус «Сойуус-5» хараабылы халлаан куйаарга көтүппүт.
- Тохсунньу 16 — Аан дойдуга бастакыннан икки сэбиэскэй спутник стыковкалаабыттар (Союз-4 уонна Союз-5).
- Тохсунньу 16 — Чиэх устудьуона Ян Палах Сэбиэскэй сэриилэр Прага сааһа диэн ааттанар дьалхааны хам баттаабыттарын утаран, ол кэнниттэн биир сыл буолан баран, бэйэтин уматтан өлбүт.
- тохсунньу 20 — Ричард Никсон АХШ бэрэсидьиэнинэн буолбут (кини иннинээҕи - Линдон Джонсон).
- тохсунньу 22 — Космонавтары көрсүү кэмигэр ССКП Киин кэмитиэтин генаральнай сэкиритээрин Л.И. Брежневы өлөрө сатаабыттар. Виктор Ильин диэн сэбиэскэй аармыйа эпписиэрэ милиисийэ фуорматын кэтэн баран Кремль Боровицкай боруотатыгар киирбит уонна икки бэстилиэтинэн Брежнев баар буолуохтаах массыынатын ытыалаабыт. Ол гынан баран ол массыынаҕа космонавтар Леонов, Николаев, Терешкова уонна Береговой бааллар эбит. Ол ытыалааһын түмүгэр суоппар өлбүт, хас да киһи бааһырбыт, онтон мотоциклист ытааччыны охторбут. Брежнев атын массыынаҕа баар эбит (сорох сибидиэнньэннэн олох да атын сиринэн баран испит) онон хайдах да буолбатах.
Олунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Олунньу 9 — Boeing 747 бастакы көтүүтэ буолбут. Boeing 747 аан дойдуга бастакы ыраах сырыылаах, икки мэндиэмэннээх киэҥ көҥдөйдөөх дьону таһар көтөр аал буолар. 36 сылынан 2005 сыллаахха Airbus A380 оҥоһуллуор диэри аан дойдуга саамай улахан дьон таһар көтөр аал этэ.
Кулун тутар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Кулун тутар 2 — ССРС уонна КНР ыккардыларыгар Уссури өрүс Даманскай арыытыгар кыраныыссаҕа атааннаһыы тахсыбыт.
- Кулун тутар 17 — Голда Меир Израильга бастакы дьахтар премьер-миниистир буолбут.
- Кулун тутар 28 — Греция бэйиэтэ, Нобель бириэмийэтин лауреата Гиоргос Сеферис Грецияҕа былааһы ылан олорор байыаннай хунтаны утары аатырбыт тылын эппит.
Муус устар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Муус устар 1 — Кытай компартиятын IX сийиэһигэр «культурнай өрөбөлүүссүйэ» түмүктэммитин биллэрбиттэр.
- Муус устар 28 — Франция бэрэсидьиэнэ генерал де Голль уурайбыт.
Ыам ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ыам ыйын 16 — «Венера» диэн советскай космическай аппарат Чолбоҥҥо тиийбит.
- Ыам ыйын 27 — "Машина времени" рок-бөлөх олохтоммут.
- Ыам ыйын 29 — Өлүөхүмэҕэ Кыыллаах Арыыттан халаан кэмигэр дьону таһаара сылдьыбыт Ми-2 бөртөлүөт лүөччүктэр буруйдарынан саахалламмыт, 25 киһи өлбүт. Лүөччүктэр иккиэн тыыннаах хаалбыттар. Экипаж хамандыыра силиэстийэ кэмигэр суукка тиийбэккэ эрэ биллибэт төрүөттэн өлбүт, иккиһин (штурманы) сууттаан ытарга уурбуттар, ол эрээри кэлин 8 сыл хаайыынан солбуйбуттар.
Бэс ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Бэс ыйын 4 — Израильга лиираттан шекельгэ көһөр туһунан сокуон ылыллыбыт. Ол гынан баран дьиҥнээх көһүү сокуон эппитинэн үп миниистирэ этиитинэн буолуохтаах буолан, 1980 эрэ сылга оҥоһуллубут.
- бэс ыйын 11 — Москубаҕа I Аан дойдутааҕы балет артыыстарын куонкуруһа аһыллыбыт.
- бэс ыйын 13 — Байконур космодромтан «Протон-К» ракета-носитель Ыйга көтүөхтээх Луна-15 хараабылы анал траекторияҕа таһаарбыт.
От ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- от ыйын 14 — Гондурас уонна Сальвадор ыккардыларыгар кыраныысса таһынааҕы сэрии буолбут, кэлин ону "Футбол сэриитэ" диэбиттэр.
- от ыйын 16 — Канаверал космодромтан Сатурн V көтөн орбитаҕа Аполлон-11 хараабылы таһаарбыт.
- от ыйын 20 — Аполлон-11 аан бастаан Ый ньууругар дьону түһэрбит.
Атырдьах ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- атырдьах ыйын 13 — Ямбурдааҕы нефтегазоконденсатнай месторождениены Ямал-Ненец автономнай уокуругар арыйбыттар.
- атырдьах ыйын 15 — Вудсток (фестиваль).
Балаҕан ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- балаҕан ыйын 1 — Ливияҕа Муаммар Каддафи полковник былаахы ылбыт.
- балаҕан ыйын 19 — Ми-24 бөртөлүөт бастакы көтүүтэ.
- балаҕан ыйын 25 — Ислам конференцията диэн тэрилтэ тэриллибит.
Алтынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Алтынньы 1 — Конкорд сөмүлүөт аан бастаан дорҕоон түргэнин куоһарбыт.
- Алтынньы 29 — ARPANET бырайыак икки көмпүүтэрин ыккардыгар бастакы ситимнэһии буолбут — Интэриниэт үөскээбит.
Сэтинньи
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Сэтинньи 15 — Вьетнам сэриитин кэмигэр АХШ киин куоратыгар Вашингтоҥҥа 250 000–500 000 киһи сэриини утары эйэлээх демонстрация оҥорбуттар.
- Сэтинньи 19 — Аатырбыт футболист Пеле күрэхтэһиилэргэ киллэрбит гуолларын ахсаана тыһыынчаҕа тиийбит. Тыһыынчалаах гуолун Пеле Рио-де-Жанейроҕа Маракана стадионугар бэйэтин Сантос кулуубун Васко да Гама диэн кулуубу утары оонньуутугар пенальтиттан киллэрбит.
- Сэтинньи 24 — АХШ уонна ССРС ядернай сэриини-сэбиргэли тарҕаппат туһунан Дуогабары ратификациялаабыттар.
- Международной организации мира присуждена Нобелевская премия мира.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 3 — Михаэль Шумахер — ньиэмэс автогонщига, «Формула-1» устуоруйатыгар саамай ситиһиилээх пилот, 7 төгүллээх аан дойду чөмпүйүөнэ.
- Тохсунньу 14 — Акулина Акимова — "Туймаада" государственнай вокальнай ансаамбыл солиһа, СӨ үтүөлээх артыыһа, СӨ култууратын туйгуна.
- Ыам ыйын 14 — Кейт Бланшетт, Австралияттан төрүттээх артыыс, икки «Оскар», үс «Көмүс глобус» лауреаттара.
- Бэс ыйын 4 — Афанасьева-Адамова Айталина Саввична, Суорун Омоллоон аатынан опера уонна балет театрын артыыһа.
- Сэтинньи 4 — Мэттью Макконахи, АХШ артыыһа, сценарист, режиссёр уонна продюсер, «Оскар» бириэмийэ лауреата.
- Ахсынньы 11 — Вишванатан Ананд — Ииндийэ гроссмейстерэ, саахымакка аан дойду 15-с чөмпүйүөнэ.
- Ахсынньы 28 — Линус Торвальдс (Linus Benedict Torvalds), аатырбыт Линукс (Linux) систиэмэ иччитин суруйбут киһи.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Захаров Николай Семенович (Сахаачча) (1948—1969), саха аатырбыт тустууга.
- Олунньу 26 — Карл Ясперс (1883 төр.), ньиэмэс бөлөһүөгэ, психолог уонна психиатр, экзистенциализм бэрэстэбиитэлэ.
- Муус устар 22 — Вешников Гаврил Григорьевич — Баал Хабырыыс (1918—1969), поэт, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
- Сэтинньи 3 — Леонид Васильевич Киренскэй, чинчийээччи, академик, Саха Сириттэн төрүттээх дьоннортон бастакынан академик аатын ылбыт киһи.
- Ахсынньы 2 — Климент Ворошилов (1881 төр.), сэбиэскэй аармыйа, баартыйа уонна судаарыстыба диэйэтэлэ, Сэбиэскэй Сойуус бастакы маршалларыт��ан биирдэстэрэ.