1693
Тас көрүҥэ
Сыллар |
---|
1689 1690 1691 1692 — 1693 — 1694 1695 1696 1697 |
Уоннуу сыллар |
1660-с 1670-с 1680-с — 1690-с — 1700-с 1710-с 1720-с |
Үйэлэр |
XVI үйэ — XVII үйэ — XVIII үйэ |
1693 сыл.
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Сэтинньи 3 — Нуучча ыраахтааҕытын сорудаҕынан Идес Избрант Пекииҥҥэ тиийбит. Кытай ыраахтааҕыта (Богдыхаан титулаах эбит) кинини үстэ ыҥыран кэпсэппит (1693 сыл сэтинньи 17, ахсынньы 27 күннэригэр уонна 1694 сыл олунньу 16 күнүгэр) уонна Москуба судаарыстыбатын туһунан ыйыталаспыт, Ниэрчинскэйдээҕи дуогабары тутуһалларын бигэргэппиттэр. Посол бэйэтэ Кытай атыытын-эргиэнин туһунан сибидиэнньэ хомуйбут. Москубаттан Кытайга айанныырыгар кэлэ-бара Сибиир усталаах-туоратын сыыйан, үгүс этнография хабааннаах матырыйаалы хомуйбута. Сырыытын түмүгүнэн 1704 сыллаахха Амстердам куоракка Н.К. Витсен кинигэ таһаартарбыта. Избрант бу үлэтигэр комилар, остяктар, тоҥустар, вогуллар, бүрээттэр, сахалар о.д.а олохтоох омуктар тустарынан эрдэтээҥи сибидиэнньэлэри биэрбитэ.