Иһинээҕитигэр көс

1962

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1958 1959 1960 196119621963 1964 1965 1966
Уоннуу сыллар
1930-с 1940-с 1950-с1960-с1970-с 1980-с 1990-с
Үйэлэр
XIX үйэXX үйэXXI үйэ

1962 сыл.

Сыл саҥатыгар ССКП КК идеологияҕа сэкиритээрэ Михаил Суслов саха литэрэтиирэтигэр үөскээбит уустук балаһыанньаны үөрэтэ 7 киһилээх хамыыһыйаны Дьокуускайга ыыппыт. Бу хамыыһыйа үлэтин түмүгэр 1952 сыл олунньу 6 күнүгэр тахсыбыт Саха сирин обкуомун уурааҕа олоҕо суоҕун быһаарбыта, Георгий Башарин кэнсиэпсийэтин өйөөбүтэ. Онон обкуом олунньу 16 күнүгэр мунньахтаан Семен Борисов алҕаһын көннөрөргө уураахтаабыта.

  • Олунньу 7 — Холбоһуктаах Штааттар Кууба экэниэмикэтин блокаадатын саҕалаабыттар.
  • Олунньу 16 — Саха сирин обкуомун бюрота бэйэтин сабыылаах мунньаҕар бастакы сэкиритээр Семен Борисов литэрэтиирэҕэ сыанабыллара алҕастааҕын, 1952 сыллаахха тахсыбыт суруйааччылары уонна учуонайдары омугумсуйууга буруйдуур уураах омсолоох содулун көннөрөр туһунан, учуонай Георгий Башарин кэнсиэпсийэтэ сөптөөҕүн бигэргэтэр уурааҕы ылыммыт. Бу иннинэ ССКП Киин кэмитиэтин хамыыһыйата Москубаттан кэлэн бу боппуруоһу быһаарыыга Дьокуускайга үлэлээбитэ.
  • Олунньу 20Америка бастакы астронава Джон Гленн орбитаҕа тахсыбыт уонна 4 чаас 55 мүнүүтэ иһигэр Сири үстэ эргийбит.
  • Муус устар 20 — Дьокуускайга төрөөбүт суруналыыс, чинчийээччи, соторутааҕыта хаайыыттан босхоломмут Клиорина Ираида "Кыым" хаһыакка аатырбыт Мытыйыкы уус туһунан "Л.Н. Толстой мэтириэтин көрдөөһүн" диэн ыстатыйатын бэчээттэппит.
  • Муус устар 26 — Британия бастакы «Ариэль-1» диэн спутнигын космоска таһаарбыт.
  • Бэс ыйын 1ССРС-ка эт, үүт уонна сымыыт сыаната 25-30% үрдэтиллибит.
  • Бэс ыйын 2 — Новочеркасскай куоракка сыананы үрдэтиини утары күргүөмнээх хаамыыны(демонстрация) ытыалаабыттар. Бу кэмҥэ ССРС-ка ас-үөл тиийбэт түгэнэ буола сылдьыбыта, Хрущев аан бастаан кыраныысса таһыттан бурдугу атыылаһарга күһэллибитэ. Мантан сылтаан сыана үрдээбитэ. Холобур эт сыаната ортотунан 31%. Ытыалааһын кэмигэр 24 киһи уулуссаҕа өлбүтэ, ол иһигэр тааҥкалары, саллааттары көрө тиийбит оҕолор. Өссө сэттэ киһини суут бириигибэринэн ытан өлөрбүттэрэ.. Бу быһылаан кистэммитэ, бэчээккэ 90-с сс. эрэ кэпсээбиттэрэ. Өссө элбэх, баҕар тыһыынчаннан киһи өлүөҕүн генерал Шапошников бирикээһи толорботоҕо абыраабыта: "Тааҥканнан атаакалыырга иннибэр өстөөҕү көрбөппүн" — диэбитэ уонна саллааттартан ботуруоннарын хомуттаран ылбыта. Кэлин генералы бу түбэлтэ туһунан суруйааччыларга сурук суруйбутун иһин "антисоветскай пропагандаҕа" күтүрээн холуобунай дьыала тэрийэ сылдьыбыттара.
  • От ыйын 10 — бастакы коммерческай сибээс спутнига орбиитаҕа тахсыбыт — «Телстар»
  • Балаҕан ыйын 9 — бэрэпиэссэр Евсей Либерман дойду сүрүн хаһыатыгар "Правдаҕа" экэниэмикэ мөккүөрүн саҕалаабыт. Бу мөккүөр түмүгүнэн Сэбиэскэй Сойуус экэниэмикэтин реформатын торума оҥоһуллубута, Хрущев былаастан туоратыллыбытын кэннэ 1965 сыллаахха олоххо киирэн барбыта.
  • Алтынньы 5Улуу Британияҕа "Битлз" бөлөх бастакы хит ырыата тахсыбыт — Love Me Do (ааҥыл. «Таптаарыый миигин»).
  • Алтынньы 6 — «Доктор Ноу» диэн Джеймс Бонд спецагент туһунан бастакы киинэ премьерата буолбут.
  • Алтынньы 14 — АХШ разведчик сөмүлүөтэ Куубаҕа сэбиэскэй баллистическэй ракеталары туруора сылдьалларын хаартыскаҕа түһэрбит, мантан сылтаан кириисис саҕаламмыта, аан дойду үһүс сэриитэ буола сыспыта.
  • Алтынньы 20Гималай хайаларыгар кыраныысса мөккүөрүттэн сылтаан Кытай Ииндийэҕэ саба түспүт, биир ыйдаах Кытай-Ииндийэ сэриитэ саҕаламмыт. Үрдүк хайалардаах, хаҕыс килиимэттээх сиргэ буолбут кыргыһыыларга Кытай кыайбыт.
  • Алтынньы 22Кариб кириисиһин кэмигэр АХШ бэрэсидьиэнэ Джон Кеннеди Куубаны байҕалтан уонна салгынтан блокадалыырга дьаһайбыт. Төрүөтүнэн Куубаҕа сэбиэскэй ракеталар баалларын аэрофотосъемка көмөтүнэн булуулара буолбута. Бу күннэргэ буолбут кириисис, ССРС уонна АХШ утарыта туруулара, аан дойдуну ядернай сэриигэ тиэрдэ сыспыта. Тиһэҕэр, кириисис сымныырын туһугар Сэбиэскэй Сойуус ракеталарын Куубаттан таһаарбыта, оттон АХШ эмиэ бэйэтин ракеталарын Турцияттан уонна Италияттан таһаартаабыта.
  • Алтынньы 27 — Карибскай кризис: АХШ U-2 разведкалыыр сөмүлүөтүн Кууба үрдүнэн көтөн истэҕинэ суулларбыттар, лүөччүк өлбүт. Бу «Хара субуота» диэн ааттаммыт күн — 1962 сыл алтынньы 27 — аан дойду ядернай сэриигэ саамай чугаһаабыт күнүнэн ааҕыллар.
  • Сэтинньи 4 — Саха сирин эпииригэр аан бастакы телевизионнай ойуу бэриллибит.
  • Ахсынньы 17 — Никита Хрущев сэбиэскэй интэлигиэнсийэни кытта көрсүбүт (300-кэ киһи иһигэр Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэстээтэлэ Сэмэн Данилов баара). Дойду салайааччыта айар дьоҥҥо ускуустуба оруолун хайдах көрөрүн тиэрдэ сатаабыт.
  • Ахсынньы 25Сэбиэскэй Сойуус ядернай сэрии сэбин сир үрдүгэр тиһэҕин дэлби тэптэрбит. 1963 сыллаахха сөбүлэҥинэн сир үрдүгэр, ууга уонна салгыҥҥа дэлби тэптэрии бобуллубута.